top of page
Фото автораdkidr-sangar

Ытыктабыллаах Ольга Ивановна Гуляеваны 85 сааһынан эҕэрдэлиибит!


Үгүс сыллар устата бары сыраҕын-эрчимҥин, өйгүн-санааҕын үүнэр көлүөнэни, эдэр ыччаты, бар дьоҥҥун кэрэҕэ, сырдыкка уһуйууга үлэлээн кэллиҥ. Норуот төрүт ииһин тилиннэриигэ сүрүн санааҕын, айар-тутар талааҥҥын, бары сатабылгын ууран үйэлээҕи уһанса, кэскиллээҕи кэҥэтиһэ сылдьаҕын. Айан-тутан таһаарбыт кэрэ үлэлэриҥ республикаҕа, дойдубут иһигэр, атын да дойдуларга көрдөрүллэн ситиһиилэнэллэр.


Убаастыыр, ытыктыыр киһибитигэр баҕарабыт этэҥҥэ буолууну, кытаанахтан кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, үгүс үөрүүнү-көтүүнү, энчирээбэт эрчими, сындалыйбат сындааһыны, ыраас сырдык халлааны. Эн сыаната биллибэт, ыйааһына көстүбэт үлэҥ өрүү махталлаах буолуохтун, иитэн-үөрэтэн таһаарбыт ыччатыҥ алгыһа эйиэхэ төннүөхтүн.

Санаабытыҥ сатанан истин, туппутуҥ тупса турдун диэн алгыс бастыҥын аныыбыт, эҕэрдэ истиҥин тиэрдэбит. Биһиги эйигинэн киэн туттабыт, махтанабыт!

234 просмотра0 комментариев

コメント


bottom of page