top of page
Фото автораdkidr-sangar

Убаастабыллаах улууспут дьоно-сэргэтэ!



От ыйын 28-30 күннэригэр бука бары сахалыы сиэри-туому тутуһан Эбэбитин аһатын. Эбэни аһатыы күнүс 11.00 чаастан 14.00 чааска дылы ыытыллар. Аһатыыга алаадьы, үрүҥ ас (арыы, үүт, сүөгэй) туттуллар, эбэ илин өттүгэр ууруллар. Эбэҕэ киирэр кыаҕа суох дьон тиэргэннэрин илин өттүгэр туому ыытыахтарын сөп. 40 хонуктарын туола илик дьон бу сиэри-туому толорботтор. Эбэни аһатар аһы күөх кырыска, биитэр кытаанах кумахха, илийбит кытаанах буорга ууруохха сөп. Көпсөркөй кумахха, буорга уурбаттар, аһы ууга куппаттар.

Баһаарга барар эр дьон хайаан даҕаны алаадьыланан барын. Тиийбит сиргитигэр илин диэки хайыһан хайаан даҕаны сиргитин-уоккутун аһатыҥ. Баһаар умулларыытыгар барар дьон таҥаскытын үчүгэйдик көрүнэн, түүнүн сөрүүҥҥэ кэтэргэ халыҥ таҥас, эбии уларыттар таҥас илдьэ барыҥ. Баһаар умуллара сылдьан, улаханнык айдаарбакка, салгыны хамсаппакка, сиэрдээхтик сылдьыҥ. Уоту умуллара сылдьан табах тардымаҥ, аһыы утаҕы, пиибэни иһимэҥ. Үлэлиир кэмҥэ сотовай телефону араара сылдьыҥ, сынньалаҥ эрэ кэмигэр көрүҥ, улахан наадата суохха туттубаккыт ордук, салгыны уйгуурдумаҥ. Малгытын барытын чөкө тута сылдьыҥ, бөҕү-сыыһы ыһымаҥ, хомуна сылдьыҥ. Буола турар баһаардар балаһыанньалара сэриигэ тэҥнээх буолар. Ол иһин хас биирдиибит өйбүтүн-санаабытын холбоон, түмсүүлээх буолар күннэрбит тирээн кэллилэр.

Кэрэх мастарга, аартыктарга ону-маны иилимэҥ, ыйаамаҥ. Салама ыйаныллыбат, салама ыһыах бэлиэтэ. Саха киһитэ саламаны биирдэ эрэ ыйыыр, ыһыахха. Бу улахан сиэр-туом буолар, ону биһиги хайаан да тутуһуохтаахпыт. Ас маанытын эрэ ууруохтаахпыт, табаҕы, харчыны ууруллубат.

Күндү Нам улууһун дьоно-сэргэтэ! Уйгулаах олоҕу салҕааччылар буоларбытын умнумуоххайыҥ, сахалыы үгэспитин чиэстээхтик өрө тутуоххайыҥ! Оҕомсох, уруумсах, дьиэмсэх буолууну хааччыйдахпыт буоллун! Тосту сымныаххайыҥ, уларыйыаххайыҥ. Айылҕабытын харыстыаххайыҥ, сиэри-туому тутуһуоххайыҥ!

Эдьиий Дора

8 просмотров0 комментариев

Comments


bottom of page