ЫРЫА – КЭЛЭР КЭМ БАРАММАТ МАХТАЛА Саха омук олоххо дьулуура, сайдар-үүнэр стратегията эмиэ ырыаҕа дьэҥкэтик көстөр. Ол курдук саха үйэлэри курдаттаан, олохсуйар эйгэтигэр дьүөрэлээх биэс араас стратегияны сайыннаран, ону тутуһан сүүрбэ биирис үйэҕэ үктэннэ. Ол курдук истиэп, тайҕа, алаас, хайа, туундара ньууругар, айылҕатын кыаҕар тирэнэн олоҕун оҥостубута. Билигин алтыс стратегиятыгар – куорат олоҕо, урбанизация арыйар глобализациятын нөҥүө информационнай обществоҕа киирэр кэмигэр олоробут. Төрөөбүт дойдуга тапталы хоһуйуу – төрөөбүт дойдулаах эрэ омук, киһи иэйиитэ. Саха ырыатын саҥа тыына Саха Республиката тэриллиитин кытта тэҥҥэ тиллибитэ, ис көҥүл тосхолун туойбута. Саха омук хотор-кыайар дьылҕатын түстүүр, чаҕыл ыччаты кытта үрдүккэ, сырдыкка аргыстаһар дьол куттаах ырыалар тиллибиттэрэ уонна айыллыбыттара. Ийэ тыл илбистээх Ырыа харгыстары туоруурга, омугу сомоҕолуурга айыллыбыт айылгыта умсугутар күүһүнэн эмтиир-ыраастыыр, сэргэхситэр, санааны, иэйиини бөҕөргөтөр төлөннөөх күүһэ дьиэрэйбитэ. Ырыалаах олох диэн уйгу-быйаҥ, этэҥҥэ олох туоһута. Ырыаҕа идэтийии араас көрүҥнэрэ сайдаллар. Ол гынан баран, кини киэҥ эйгэни хабар кыамтата кыччаан эрэрэ дьиксиннэрэр. Ону сэргэ сорох саҥа ырыалар тыл баайын, саха кутун-сүрүн тэтимин ахсарбакка айыллаллара, ылыналлара эмиэ дьиксиниини үөскэтэр. Ол сүрүн төрүөтүнэн Саха ырыата диэн чопчуламмыт чинчийиилэр, кыра оҕо сааһыттан саҕалаан үрдүк үөрэх кыһатыгар тиийэ үөрэтэр үөрэх программалара, иитэр-үөрэтэр уһуйааччылары, учууталлары музыкаҕа, ырыаҕа идэтийии, ырыаны айааччылары такайыы, государственнай өйөбүл, сэҥээрии уонна сыаналааһын ситэтэ суохтара буолар. Билигин бэйэни харыстанар анал государственнай политикалаах, ону олоххо киллэрэр ньымалардаах, сатабыллардаах, кыахтаах эрэ омук бэйэтин дьоһунун, культуратын, ырыатын харыстыыр уонна сайыннарар кыахтаах. Ырыа сомоҕолуур суолтата ордук хорунан, ансаамбылынан ыллыырга көстөр. Анал Ырыа Күнүгэр дуораччы ыллыахха, Күн сирин олоҕун туойуохха! УБААСТАБЫЛЛААХ АЙСЕН СЕРГЕЕВИЧ @aisenildarkhan ! Ырыа Күнэ быйыл норуот маассабай хамсааһынын быһыытынан, тохсус сылын ыытыллар турар
ыытыллаары турар. Ырыа күүһэ билиҥҥи кэмҥэ дьаҥ-дьаһах тыҥааһыннаах кэмигэр санааны түмэр, түмсүүлээх буолууга норуоту сомоҕолуур күүһүн-кыаҕын толору көрдөрдө! Ырыа баар буолан, дьону-сэргэни биир сүүрээҥҥэ, биир тыыҥҥа киллэрэн, Улуу Кыайыы 76 сылын бэлитэтээтибит! Саха сиригэр 2013 с “Ырыа Күнэ – День Песни” норуот күүһүнэн ыытыллан кэллэ. Быйыл 9-с төгүлүн Ыам ыйын 21 күнүгэр ыытыллаары турар. Ырыа биһиги олохпутугар суолтатын, оруолун, наадалааҕын бэлиэтээн үөһээ этиллибиккэ олоҕуран өйдөөн, өрө тутан тураммыт Саха Республикатыгар Ырыа Күнүн олохтуур укааһы таһаараргытыгар көрдөһүү сурук түһэрэбит. 15 тыһыынча Ырыа Күнүн өйүүр илии баттааһыннаах докумуону туттаран туран Ульяна Винокурова, социология билимин дуоктара, Андрей Борисов СР государственнай советнига, Ил Түмэн норуот депутаттара Антонина Григорьева, Елена Голомарева, Мария Христофорова уонна А. Калининскай- Луҥха Өлөксөй “Дьүһүй” сахалыы ырыа кулууба, Алексей Егоров СР Ырыа айааччылар Сойуустара, Афанасий Гуринов-Арчылан, Михаил Санников у.д.а...
Comments