Ханнык баҕарар оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр-улаатар аналлаах. Дьиэ кэргэҥҥэ өбүгэ саҕаттан утумнанан кэлбит үтүө үгэстэри, сиэрдээх буолууну, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабылы уонна тапталы, олоххо үөрүйэҕи уонна сатабылы иҥэринэр. Кэбээйи улууһун Тыайа нэһилиэгэр олорор Светлана, Григорий Дьяконовтар элбэх оҕолонуу дьолун билэн, тоҕус оҕону улаатыннаран, иитэн-үөрэтэн, билигин сибэкки сиэннэр үөрүүлэрин үллэстэн күн иллэҥэ суохтар.
– Светлана, дьиэ кэргэҥҥит туһунан билиһиннэр эрэ.
– Мин Светлана Михайловна диэммин. Кэргэним Григорий Григорьевич, 9 оҕолоохпут. 4 оҕобут ыаллар, 11 сиэннээхпит. Тыайаҕа олохсуйбуппут 34 сыла буолла.
– Ханна, киминэн үлэлиигит? – Бэйэм “Түмсүү” кулуупка улэлиибин. Оҕолорбун хас кэнсиэр аайы ким туохха сыһыаннааҕынан кытыннарабын. Аҕабыт «Сахаэнерго» тэрилтэҕэ начаалынньыгынан-дизелиһинэн 28 сыл үлэлээтэ. Кэргэним эдэр сылдьан тустуунан дьарыктаммыта, ыллыырын сөбүлүүр, дьон-сэргэ сөбүлүүр ырыаһыта. – Эһиги дьиэ кэргэҥҥит хаһан тэриллибитэй? Өктөмҥө культорганизатор-баянист үөрэҕэр 1984 сыллаахха үөрэнэ сылдьан холбоспуппут. –
Дьиэ кэргэнинэн үтүө үгэстээххит дуо?
– Саҥа дьылга бары оҕолор, сиэннэр кэлэн сылбытын түмүктээн астына кэпсэтэн тарҕаһабыт, үүнэр сылга былааннанабыт.
– Оҕолоргутун туохха ордук уһуйаҕыт?
– Оҕолорбут доруобай буоллуннар диэн успуорка дьарыктыыбыт. Уолаттар кыра саастарыттан тустуунан дьарыктаналлар, икки уол хапсаҕайга Саха сирин маастарын нуорматын толорбуттара. Чөл олоҕу тутуһабыт, оҕолорбутуттан эмиэ ону ирдиибит. Иллэҥ кэммитигэр ыллыырбытын, успуордунан дьарыктанарбытын сөбүлүүбүт, бэйэм теннистиирбин ордоробун.
– Эдэр ыалга баҕа санааҕыт? – Эдэр ыалга бэйэни өйдөһүүнү-өйөһүүнү, чөл олохтоох буолууну! Саамай сүрүнэ доруобуйаны, ситиһиини, бары барытыгар табыллыыны баҕарабын.
Comments