top of page
Фото автораdkidr-sangar

Норуот маастарын күнүнэн!




2012 сыллаахха Е. А. Борисов анал ыйааҕынан, кулун тутар 5 күнүгэр “Норуот маастарын” күнэ бигэргэтиллибитэ. Бу күн инники сылларга Дьокуускай куоракка түмсэн сэлэлии хаамыыга кыттыыны ылааччыбыт. Быйылгы сэлэлии хаамыы хаҥсык ыарыы туран нэһилиэктэринэн тэриллэн, видеоҕа уһуллан куйаар ситимин нөҥүө бииргэ хомулунна.

Бастакытын ыытыллыбыт сахалыы таҥастаах “Норуот маастарын” күнүгэр аналлаах сэлэлии хаамыыга Сангаар бөһүөлэгэр отут буолан мустан “Шахтер” сынньалаҥ кииниттэн Ленин болуоссатыгар хаамтыбыт. Ыҥырыыбытын ылынан кэлэн сэлэлии хаамыыга кыттыспыт Кальвица бөһүөлэгин ытык кырдьаҕастарыгар Архипова Мария Николаевнаҕа, Левина Мария Касьяновнаҕа уонна “Алгыс” сынньалаҥ киинин үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Кэбээйи нэһилиэгэр сэлэлии хаамыыга отут икки киһи кыттыыны ылла. Сэлэлии хаамыыны салайда СӨ норуот маастара Елизавета Константиновна Софронеева, Сайылык сэлиэнньэтин колоннатын салайан ыытта “Дайан” сынньалаҥ киин үлэһитэ Вера Николаевна Прокопьева.

Түгэнинэн туһанан бары кыттыспыт дьоммутугар, сахалыы ииһи-ууһу сэҥээрээччилэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны сахалыы санаабыт саппаҕырбатын, саха сиэрэ-туома, ииһэ-күүһэ, таҥаһа-саба сайда турдун, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн истин!

Улууспутугар 3 норуот маастара, 8 норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара уонна нэһилиэктэринэн иис-уус түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлии-хамсыы, айа-тута олороллор. Улууска култуура-сынньалаҥ кииннэригэр айар-тутар куруһуоктар тэриллэн үлэлииллэр. Ол курдук, 2020 сыллаахха Өрөспүүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтэ тэрийэн ыыппыт “Ситиһии” декоративно-прикладной куруһуоктар икки ардыларыгар ыытыллыбыт куонкуруска кыттан “Умелые руки” (Кэбээйи сэл. салайааччы Кобякова М.В.) уонна “Көмүс сүүтүк” (Мастаах сэл. салайааччы Комарова М.Д.) тэрийэн ыытар куруһуоктара дипломунан наҕараадаламмыттара.

Бу сыл олунньу ыйыгар “Арчы Дьиэтэ” духуобунай киин уонна “Уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинэ” куйаар ситимин нөҥүө “Кыбытыктаах иис эйгэтэ” көрүү-быыстапка тэрийэн үгүс дьон кыттынна. Күрэх түмүгүнэн Кэбээйи сэлиэнньэтиттэн “Дьэрэли” иис-күүс түмсүү (сал. Сметанина Р.В.) кыттан Иккис Үрдэл аат кыайыылааҕынан, Лүксүгүнтэн Ирина Васильевна Дьяконова “Талба талаан” анал аат хаһаайынынан буоллулар.

1 просмотр0 комментариев

Comments


bottom of page