Бу күн Кэбээйи нэһилиэгэр *"Сайдам"* норуот айымньытын киинигэр 18.00 чаастан олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү буолар:
Истээччилэр, көрөөөччүлэр сөбүлээн көрөр, истэр ыытааччыларыгар санааларын этиэхтэрэ, ыйытыыларын биэриэхтэрэ.
Кулун тутар 29 күнүгэр сарсыарда
8:00 чаастан “Тэтим-Саха араадьыйата” сарсыардааҥҥы, күнүскү уонна киэһээҥҥи эпиирдэри КЭБЭЭЙИ нэһилиэгиттэн ыытыахтара араадьыйа ыытааччылара:
Гея Буртахова, Роман Алексеев (Амор), Туйаара Андреева, Иван Тарасов (Эрэл Эрилик), Ньургуйаан Ботуева уонна Николай Бястинов. «Эрдэһиттэр» биэрииттэн саҕалаан, «Үтүө күнүнэн, Сахам сирэ», “Кэпсээҥҥит, хайдах олороҕут”, «Тыыннаах дорҕоон» биэриилэргэ, онтон Дьокуускайга баар устуудьуйаттан «Инники күөҥҥэ», «Тэтим чааһа» биэриилэргэ Альбина Тарабукина, Эдуард Рудых, Прокопий Хабаров Кэбээйи улууһун олоҕун, интэриэһинэй дьарыктаах дьонун, үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин туһунан быһа эпииргэ кэпсиэхтэрэ.
Онон, күндү «Саха»НКИХ «Тэтим-Саха араадьыйатын» сөбүлээн истээччилэр, быһа эпиирдэри көтүтүмэҥ, сэргэх истээччи, көхтөөх кыттааччы буолуҥ!
✅Күн устата быһа эпииргэ улуус олоҕун-дьаһаҕын бары өрүттэрин киэҥник сырдатар араас хабааннах боппуруостар тула илэ-хоро сэһэргэһии буолуоҕа.
Σχόλια