top of page

Мукучуга сана сэргэ турда

  • Фото автора: dkidr-sangar
    dkidr-sangar
  • 22 дек. 2020 г.
  • 1 мин. чтения

Быйыл Улуу Кыайыы 75, Патриотизм сыла. Дойдуга ааҥнаабыт аан хамсык кэмигэр үбүлүөйдээх сылбыт тэрээһинэ эмиэ онно сөп түбэһиннэрэн сыыйа-баайа олоххо киирэр. Алтынньы 9 күнүгэр, Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт сэргэни аҕам саастаах дьоҥҥо анаммыт пааркаҕа туруордулар. Сэргэни туруоруу алгыһын, сиэрин-туомун нэһилиэк Ытык киһитэ Данил Никифорович Николаев толордо. Хотой Айыы уонна Кыайыы сылыгар анаммыт сэргэни олохтоох уус уол Александр Григорьев оҥордо.


 
 
 

コメント


© 2023 Имя сайта. Сайт создан на Wix.com

почтовый адрес: 678300 Кобяйский улус, п.Сангар, ул.Ленина 49

тел/факс: (41163)21088, 21178, e-mail: dkidr-sangar@mail.ru

bottom of page