Мукучуга көмүс куолас, "Күбэйэ" вокальнай ансамбль солистката, сцена ветерана Каримова Антонина Гаврильевна "Өрүү ыллаан үөртэрбиэн" айар дьоро киэһэтэ ааста. О5олоро, сиэннэрэ киэһэҕэ кыттыыны ыланнар уратытык киэргэттилэр, сэргэхситтилэр.
Антонина Гаврильевна5а инникитин даҕаны эдэрдии эрчимнээх эриэккэс ырыалаах-тойуктаах, улууспут дьонун түмэр, айымньылаах сцена абылаҥар уһуйар сыралаах үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри!
Антонина Гаврильевна5а ба5арабыт дьолу-соргуну, кэтит кэскиллээх олоҕу, таас чэгиэн доруобуйаны, күндэлэс күөх халлааны!
Comments