top of page
Фото автораdkidr-sangar

Итэҕэл Сүбэ түмээччилэрин, күүтүүлээх ыалдьыттары айах тутан көрүстүлэр

Бүгүн, олунньу 27 күнүгэр, Кэбээйи нэһилиэгэр сарсыардаттан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойга


. Кэбээйи улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Александр Сивцев эҕэрдэлээн туран, ыччат кута – сүрэ бөҕөргүүрүгэр, инникигэ эрэллээх, түмсүүлээх буоларын туһугар үлэлэригэр сүгүрүйэллэрин биллэрдэ. Түмэл салайааччыта Григорий Егоров ыалдьыттарга Кэбээйи улууһун устуоруйатын, үөрэхтээһин, промышленность сайдыытын, киэн туттар дьонун билиһиннэрдэ. Онтон исписэлиис Руфина Сметанина улуус төрүт культуратын, сиэри-туому, дьарыгы сэһэргээтэ. Маны таһынан кэбээйилэр киэн туттар биир дойдулаахтара, буойун-поэт Т.Е. Сметанин балаҕаныгар суруйааччы олоҕун, айар үлэтин ирэ-хоро сырдатта. Норуот маастара Елизавета Софронеева ыҥырыытынан кэлбит ыалдьыттар, Итэҕэл Сүбэтин тэрийээччилэрэ Алгыстаах Апанаас уола Афанасий Друзьянов, Павел Ксенофонтов – Ойуур Байбал уонна да атыттар үлэни-хамнаһы истэн-көрөн дуоһуйдулар, сэргээтилэр. Итэҕэл диэн тугуй? Итэҕэл диэн күнү күннүктээн Таҥараҕа үҥүү буолбатах. Итэҕэл диэн таптал, дьоҥҥо үтүө сыһыан, күүспүтүгэр күүс уонна көҥүл. Итэҕэл сүдү күүһүн-кыаҕын ситэри туһанар туһугар, бары түмсүүлээх. Итэҕэллээх буолуоҕуҥ!

5 просмотров0 комментариев

Commentaires


bottom of page