Ыал, дьиэ кэргэн буолуу – айылҕа уһулуччулаах кэрэттэн-кэрэ уонна сиэрин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта. Сахалыы сиэри-туому, үгэһи тутуһар Владислав, Розалия Егоровтар Арыктаах нэһилиэгин биир киэн туттар ыала. «Айылгы» киин уус-уран салайааччыта Владислав Саввич, киин делопроизводителя Розалия Анатольевна Кэбээйи улууһун култуура управлениетын нөҥүө өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн 2020» фестиваль чэрчитинэн ыытыллар «Үгэһи үйэтитээччи – ыал» кэтэхтэн күрэххэ кытталлар. – Розалия, төрүккүт, үлэҕит-хамнаскыт туһунан билиһиннэр эрэ. – Кэргэним Владислав Бүлүү Тыымпытыттан төрүттээх, идэтинэн ырыа ансаамбылын салайааччыта. Мин Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин, идэм юрист. Иккиэн Арыктаах нэһилиэгэр 2018 сылтан үлэлиибит. Кэргэним ырыаһыт, мин үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүбүн.
– Саха омуга олоххо көрүүтэ-истиитэ, билиитэ, итэҕэлэ олус дириҥ уонна олоххо сатабыллаах. Оҕолоргутун иитиигэ туох үгэстэри тутуһаҕыт? – Оҕолорбутун Харысханнаах Чэмэлиинэни тулалыыр эйгэҕэ ытыктабыллаах сыһыаҥҥа иитэбит. Ханнык баҕар төрөппүт киһиэхэ курдук оҕолорбут кэрэҕэ-сырдыкка тардыһалларыгар, духуобунас өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар баҕарабыт, ырыаҕа-үҥкүүгэ уһуйабыт. Аҕабыт эр киһи быһыытынан бултуурун-алтыырын сөбүлүүр. Оҕолорун айылҕаҕа сүгүрүйэллэригэр, сөптөөх сыһыаннаах буолалларыгар үөрэтэр, угуйар.
– Оҕолоргутун ханнык куонкурустарга ордук кытыннараҕыт? – Оҕолорбутун куонкурстарга төһө кыайарбытынан кытыннара сатыыбыт, ааспыт кыһын уолбут аҕатынаан Чагда оҕо саадын үбүлүөйүн чэрчитинэн куонкурска кыттыбыттара, бастаабыттара. Кырачаан кыыспыт “Чуораанчык” сурунаал республиканскай кэтэхтэн “Уһун суһуох” күрэҕэр 3-с миэстэҕэ тиксибитэ.
– Эдэр ыалга баҕа санааҕыт? – Саха эдэр ыала бэйэтин тылынан-өһүнэн, өйүнэн-санаатынан сайдыахтаах, омугунан киэн туттуохтаах, саха омук кэскилин туһугар санаатын ууруохтаах дии саныыбыт. Эдэр ыалга доруобуйаны, ситиһиини, өйдөһүүнү, убаастабылы уонна олоххо актыыбынай көрүүлээх буолуҥ диэн ыҥырабыт!
Кэпсэттэ Анисья Спиридонова, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, ыччат политикатын туйгуна
Comments